Вернуться к русскому языку Translate into English Ins Deutsche bersetzen
Версия для слабовидящих
Поиск
678026, Республика Саха (Якутия), Хангаласский улус, с.Едяй, ул.Октябрьская, 20

Наш адрес
8 (411) 44 28-335
Контактный номер

Хаҥалас эр бэртэрэ

Хаҥалас эр бэртэрэ

Олунньу ый 15 күнүгэр Үөдэйгэ "Вечерка" култуура киинигэр истиҥ-иһирэх, сылаас тыыннаах тэрээһин араас көлүөнэ дьону түмтэ. Ол курдук "Хаҥаластар эр бэртэрэ" диэн эр дьон кэнсиэрэ буолла. Кэнсиэри тэрийээччи Хаҥалас улууһун култууратын дьаһалтата (сал.С.А.Павлов). Хас биирдии кыттааччыны  көрөөччүлэр ытыс тыаһынан доҕуһуоллаан көрүстүлэр. Талба талааннаах эр дьону көрөргө, истэргэ астык даҕаны. Оҕолуун, улахан дьоннуун сэргэхсийдибит, дуоһуйа сынньанныбыт. Бу сайдам, сэргэх киэһэни бэлэхтээбит култуура эйгэтигэр үлэлии сылдьар ырыа-тойук аргыстаах, оһуохай түһүлгэлээх эдэр эр дьонугар Үөдэй нэһилиэгин олохтоохторун аатыттан махталбытын тириэрдэбит.